Тарасов Иван - "Ол мин дойдум Чурапчы" » Ырыа кырдала

Тарасов Иван - "Ол мин дойдум Чурапчы"
  • 51
  • 1
  • 2
  • 3
  • 4
  • 5
 (голосов: 2)
14 марта 2009, 17:26 | Көрдүлэр: 26809 | Ырыалар - MP3


Тарасов Иван - "Ол мин дойдум Чурапчы"

ОЛ МИН ДОЙДУМ ЧУРАПЧЫ
Дьуон Дьаҥылы тыллара 
Федор Гоголев мелодията

Күөх кырсыгар күөлэһитэн,
Кырабыттан үлэлэтэн,
Мөҕөн-таптаан, миигин бачча
Киһи гыммыт баар - Чурапчы.

Хос ырыата:

Хатыҥнардаах, чараҥнардаах,
Хампа солко алаастардаах,
Оттуун-мастыын нарын-намчы
Ол мин дойдум - Чурапчы!

Бөҕөс, быһый ыччаттарбыт
Аан дойдуга аатырдылар.
Ойуун, артыыс, суруйааччы
Үөскүүр сирэ баар - Чурапчы.

Хос ырыата.

Үөрэх сырдык кыһатыгар
Сыралаһан үөрэтэн,
Билии төрдүн барытын
Биэрбит сирим баар - Чурапчы.

 
Нөрүөн-нөргүй буоллун биһиги саайтпыт ыалдьытыгар! Билигин эн ыалдьыт курдук киирдин. Бэлиэтэнэн киирдэххинэ бу сиртэн элбэҕи бэйэҕэр туһаныаххын сөп.
Майгынныыр сонуннар:
  • ОЛ МИН ДОЙДУМ ЧУРАПЧЫ
  • Егоровтар айар киэһэлэрэ
  • Сомоҕолуур, түмэ тардар – дойдум миэнэ – Чурапчым!

  • « Төттөрү
    Ырытыылар (5)