КЫРГЫТТАРБЫТ БИҺИЭНЭ Печать    
Егор Лаптев тыллара

Кыраһыабай кыргыттары
Хоһуйары ким сириэй,
Ол да буоллар бастыҥнары
Ордук ыллыыр үчүгэй.

Хос ырыата:

Эй, чэйиҥ, эрэттэр,
Билсиҥ эрэ, уолаттар!

Чысхаан тыалга, тымныыга
Сыһыы, кытыы сирдэргэ
Чаҕыйбакка сылдьаннар
Чиэстэннилэр кыргыттар.

Хос ырыата.

Кэрэхсэнэр кыргыттар
Кимнээхтэрий, кинилэр?
Мотя — хоһуун сылгыһыт,
Дуунньа — туйгун балыксыт.

Хос ырыата.

Үлэ, үөрэх аргыстанан
Үөрэр-көтөр Наташа
Үгүс элбэх ыччаттартан
Үүтү ыырга бастаата.

Хос ырыата.

Бары бииргэ турунан
Бастаатылар Машалар,
Күөрэгэйдии ыллааннар
Хайҕаннылар Дуунньалар!

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".