ДОҔОРУОМ, ТААТТАҔА ТАХСЫАХХА Печать    
И. Унаров тыла

Будьурҕай иирэлээх Тааттаҕа тахсыахха,
Эн түөскэр төбөбүн төҥкөтөн уураары
Эйиигин эрэн дуу, хаһыҥтан хаххалыам,
Будьурҕай иирэлээх Тааттаҕа тахсыахха.

Будьурҕай иирэлээх Тааттаҕа тахсыахха,
Күүтүүлээх хараҕын дириҥэр умсаары,
Кырдьыбыт эрэлбит мунурун булаары,
Будьурҕай иирэлээх Тааттаҕа тахсыахха.

Будьурҕай иирэлээх Тааттаҕа тахсыахха,
Тапталбыт кутаатын күөдьүтэн көрөөрү,
Эдэрдии олохпут эрэлин эбээри,
Будьурхай иирэлээх Тааттаҕа тахсыахха.

Будьурҕай иирэлээх Тааттаҕа тахсыахха,
Эдэр саас сиппэтэх тапталын ситээри,
Эрэлбит эрчимин ыччакка биэрээри,
Эппэтэх тылларбыт ситимин салҕаары.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".