ТААТТАБАР Печать    
В. Алексеев тыла

Сайыҥҥы түүн Тааттаҕа
Соҕотоҕун кыыс ыллыыр,
Кытта хойуу талаҕа,
Кинини кууһа сатыыр
Ылы-чыпка курустук
Ырыа быстар, салҕанар
Үөскэ долгун чуумпутук
Өрө тыынаат утуйар.

Киммит эмиэ кэлбэккэ
Кыыс сүрэҕин ытатта
Соруйан дуу билбэккэ
Соҕотоҕун хаамтарда
Тэһийбэккэ тиэтэйэн
Түүммүт ааһа оҕуста,
Саҕах эмиэ тиэтэтэн
Сардаҥатын уматта.

Үөрүү бөҕө үксээтэ
Үөр чыычаах ырыатынан,
Кыыс санньыйан дьиэлээтэ,
Күөх сибэкки быыһынан
Тэһийбэккэ тиэтэйэн
Түүммүт ааһа оҕуста,
Саҕах эмиэ тиэтэтэн
Сардаҥатын уматта.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".