ТААТТА ҮРЭҔЭ Печать    
Л. Попов тыла

Ыччат дьонум сүрэҕэр
Ырыа буолан ылламмыт,
Талба кыыстыы таптаппыт
Таатта, Таатта үрэҕэ, -

Кырдалларгар тахсаҥҥын,
Кылбаһыйа сүүрэҕин,
Чараҥнаргар саһаҥнын,
Чаҕылыйа күлэҕин.

Тоҕой, тумул сиринэн
Токуруйа устаҕын,
Эһэ-бөрө сиһинэн
Элэстэнэ куотаҕын.

Адаар тааска хаайтаран,
Арыт ытаан ылаҕын,
Арыт, суолгун хайдара,
Адьас сүтэн хаалаҕын.

Арыт кэҥээн кэлэҕин,
Арыт синньээн биэрэҕин,
Арыт күүскэ көтөҕүн,
Арыт аргыый сиэлэҕин.

Арыт кураан сайыҥҥа
Өлбөт мэнэ уутаҕын:
Үллэ турар быйаҥнаах
Үүнүүлэри айаҕын.

Үөрэр-көтөр кэмнэргэ
Тойук курдук долгуйа,
Хараастыбыт күннэргэ
Харах уутун саната.
Кырдалларгар тахсаҥҥын,
Кылбаһыйа сүүрэҕин,
Чараҥнаргар саһаҥнын,
Чаҕылыйа күлэҕин.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".