БАҔА САНААМ Печать    
Лана Юргина тыллара

Баҕа санаам, ыра санаам
Ыраах сандаара умайыый,
Ыллыыр ырыам кынаттанан
Үөһэ халлааҥҥа эн дайыый.

Түүҥҥү санаам, ыра санаам
Имнии сүтэн хаалымарыый,
Тахсар күнүм сарыалыныы
Чүмэчибин эн уматыый.

Умай, умай мин чүмэчим,
Умай, баҕа санаам.

Баҕа санаам баламатын
Баалаабакка, бараабакка
Көмөр буолбут, сөҕүрүйбүт
Дууһа уотун эн күөдьүтүүй.

Түүҥҥү санаам, баҕа санаам
Имнии сүтэн хаалымарыый.
Тахсар күнүм сарыалыныы
Чүмэчибин эн уматыый.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".