Чолбон - Хаһан эрэ Тумус Мэхээлэ тыллара, Александр Ильин мелодията Үүт-хайаҕас таһаарынан, Күө-дьаа буолан, Дьиэни-уоту, баайы-дуолу тэринэҥҥин, Көр, бу дьэ, киһи дэтэн, олох устун Сүүрэн-көтөн, көччүйээхтээн Кэлэн ааһыаҥ!
Хаһан эрэ! Күнүм тыгыа... Күлүмүрдүө Күөлбэр түһэн, Көччүйүөҕэ күөх сирэмҥэ! Кэрии тыабар Кэҕэ этиэ... Кэпсиэ-ипсиэ Кэрэ кэми... Миэхэ буотах - Атыттарга!!!
Күн сиригэр олох кэлэн, Букатынныы Олоруоххун, көччүйүөххүн Баҕараҕын! Туолбат санаа оонньуулара биһигини Эрэйдииллэр-мэһэйдииллэр Күнүн аайы...
Хаһан эрэ! Күнүм тыгыа... Күлүмүрдүө Күөлбэр түһэн, Көччүйүөҕэ күөх сирэмҥэ! Кэрии тыабар Кэҕэ этиэ... Кэпсиэ-ипсиэ Кэрэ кэми... Миэхэ буотах - Атыттарга!!!
« Төттөрү
|