Екатерина, Алексей Егоровтар - "Хаар сылааһа"
 (голосов: 3)

Екатерина, Алексей Егоровтар - "Хаар сылааһа"
Н.Харлампьева тыллара А.Егоров мелодията

ХААР СЫЛААҺА

Дьиэттэн-уоттан тэлэһийэн
Ыраах сылдьар түгэммэр
Түүлбэр киирэр, долгутар
Хаар сылааһа, хаар сылааһа.

Ийэм-аҕам тапталыныы,
Истиҥ доҕор эйэтинии,
Миигин күүтэр дойдубар
Хаар сылааһа, хаар сылааһа.

Арахсыспат аргыс буолан,
Тоҥмут кэммэр ириэрэ,
Мэлдьи баар буоллун дьылҕабар
Хаар сылааһа, хаар сылааһа.
Нөрүөн-нөргүй буоллун биһиги саайтпыт ыалдьытыгар! Билигин эн ыалдьыт курдук киирдин. Бэлиэтэнэн киирдэххинэ бу сиртэн элбэҕи бэйэҕэр туһаныаххын сөп.
Майгынныыр сонуннар:

« Төттөрү
Ырытыылар (3)
 
Эрэл1   2 марта 2011 19:49
Маннык ырыа баар эбит дуу, саца иьиттим...
Qwer   2 марта 2011 21:10
Баар. Элбэхтик ылламатах ырыа, ол гынан баран бэйэм наһаа сөбүлүүбүн тоҕо эрэ бу ырыаны уруккуттан. smile
..............................................................................................................................................................
Маннааҕыбын :)
Эрэл1   2 марта 2011 21:22
Qwer, кырдьык, учугэй ба5айы ырыа эбит дии...

Ырытыыга кыттабын




 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".