Ыллаан-туойан ааһыаҕыҥ |
30 июня 2009, 11:42 | Көрдүлэр: 22373 | Видеоклиптар | ![]() |
"Ыллаан-туойан ааһыаҕыҥ" Тумус Мэхээлэ үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ. "Чороон", "Чолбон", "Ай-тал", "Дапсы", Бүөккэ Бөтүрүөп. ЫЛЛААН-ТУОЙАН ААҺЫАҔЫҤ Тумус Мэхээлэ Туохтан маннык эбитин Кыайан өйдөөн тиийбэппин, Сааһырдахпыт аайытын Күн сырдыга кэрэтиэн. Хос ырыата: Эдэр оҕо, эдэр эрчим саастарбыт Ааһалларын ааһытын, Айманаммыт сэгээрдээр Ыллаан-туойан ааһыаҕыҥ. Күн сиригэр төрөөммүт Күлэн-үөрэн, хоргутан, Олороохтоон ааһарбыт Кылгас түгэн эбит диэн Хос ырыата: Элэ-была, элэ-была тылларбын Этиэм этэ эйиэхэ, Кистээн сылдьар дууһабын Аһыам этэ эйиэхэ. Кэлин кэрдиис кэмнэргэ Кэтии-маныы сатыыбын, Кэрэ кэскил барҕатын Көрдөрбүн дии саныыбын. Хос ырыата: Эдэр оҕо, эдэр эрчим саастарбыт Ааһалларын ааһытын, Айманаммыт сэгээрдээр Ыллаан-туойан ааһыаҕыҥ. |
Нөрүөн-нөргүй буоллун биһиги саайтпыт ыалдьытыгар! Билигин эн ыалдьыт курдук киирдин. Бэлиэтэнэн киирдэххинэ бу сиртэн элбэҕи бэйэҕэр туһаныаххын сөп.
Майгынныыр сонуннар:
|