Ырыа кырдала > Власов Виталий > КҮҮТЭБИН, КЭЛИИЙ ДУУ...
КҮҮТЭБИН, КЭЛИИЙ ДУУ...14 августа 2007, 23:05. |
Виталий Власов тыллара
Ытатан тоҕо бардыҥ, Ырааҕын икки ардыҥ, Тапталбыт уоҕун өйдөөн Төннөөрүүй — миигин өйөөн. Хос ырыата: Доҕоруом, кэлиий миэхэ, Дьоллоохпут куруук диэххэ: Күүтэбин, кэлиий дуу — саатар биир чаас, Күүтэбин, кэлиий дуу — хоспор киир, аас! Күүтэбин, кэлиий дуу — саатар биир чаас, Күүтэбин, кэлиий дуу — хоспор киир, аас! Эн ааккын сүүстэ ааттаан, Эрэйи биллим — матан. Арахсан дьолбут сүтэн, Айманар дууһам күүтэн. Хос ырыата. Соҕотох сылдьар эрэй, Сордонор диэни кэрэй. Таптаһар олус кэрэ, Таптаа дуу — миигин эрэ! Хос ырыата. Истэбин куруук бииргин, Истэбин Кыыспын дииргин... Билэбин миигин, Уолгун Бүтэйдии ахтар суолгун... Хос ырыата. Түүннэри ахта сытан, Туһа суох мээнэ ытаан. Харыстыах таптал дьолун, Хомойуо Кыыһын, Уолун... Хос ырыата. « Төттөрү |