АТЫН ЫРЫАҺЫППЫН Печать    

Виталий Власов тыллара уонна мелодията

Айылҕаттан айдарыылаах,
Таҥараттан тартарыылаах,
Истээччитэ суох
«Ырыаһыппын» эбит.
         Курдат көрөр харахтардаах,
         Охсор-тэбэр хамсаныылаах,
         Көрөөччүтэ суох
         «Үҥкүүһүппүн» эбит.
                  Ырыам кыната
                                 тостубут,
                  Үҥкүүм иҥиирэ
                                 быстыбыт!..

Хос ырыата:

Бу сиргэ
          ырыата суох миэхэ тымныы,
Оноҕос кыҥыыр:
«Ырыам — ытыыр оҕо...
Суланыы-кэлэнии олоҕо!»
          Түүннээҕэр
                    хараҥа ырыабын өйдөө,
          Тыыннаахпар өйөө:
          «Көрбөтөхпүн Эн көр...
          Токуру ырыанан, Эн көннөр!»

Дьонтон туора көрдөбүллээх,
Дьалты турар өйдөбүллээх,
Сэҥээрээччитэ суох
«Олоҥхоһуппун» эбит.
          Ыйга күүтэр хоноһолоох,
          Сүгүрүйэр сомоҕолоох,
          Үтүктээччитэ суох
          «Оһуохайдьыппын» эбит.
                    Ырыам көппүккэ
                                   анаммыт,
                    Үҥкүүм ойуччу
                                   хамсаммыт!..

Хос ырыата.

Бүтүгэһэ:

Умнуллубат ааттаныы,
Умуллубат уоттаныы –
Миэхэ да кэлиэҕэ,
«Мин аатым тиллиэҕэ!»

1991 с.



 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".