СЫЛГЫҺЫТ Печать    
Дьуон Дьаҥылы тыллара

Үрүҥ хаардаах сыһыылар,
Үрүйэлэр, сис тыалар
Туллуктара сылгылар
Хаһан аһыы бардылар.
Ханна баҕар хастыннар,
Хаар, тыал, тымныы буолуоҕа,
Колхоз таптыыр, астынар
Сылгыһыта булуоҕа.

Сылгыһыттан бастыҥ дьон
Бастаан герой буоллулар.
Үлэ — хайҕал, үлэ — дьол,
Үксээтиннэр геройдар!
Сылайары билбэккэ,
Сылгылары бэрийэ
Ыҥыыр аттаах биэбэккэм
Ыырын тула кэрийэр.

Оҕоломмут дьон курдук,
Үөрэр саҥа кулуҥҥа;
Сылгыһыппыт уһуннук
Сылдьар сиргэ, куруҥҥа;
Сылайары билбэккэ,
Сылгылары бэрийэ,
Ыҥыыр аттаах биэбэккэм
Ыырын тула кэрийэр.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".