Ырыа кырдала > Васильев Владимир > КҮӨРЭГЭЙ
КҮӨРЭГЭЙ14 августа 2007, 22:58. |
Владимир Васильев тыллара
Күлүмүрдэс күннэрдээх, Күнэ киирбэт түүннэрдээх, Кылгас сайын орто дойдубар Күөх сайыны туоһулуур Күнү көрсө уруйдуур Күөрэгэйим үөһэ дайар Дьырылы дьырылы дьырылаан, Сиргэ сэрии суоҕунуу Көстүбэт кыра бэйэтэ, Дьырылы дьырылы дьырылаан, Ыллыыр эмиэ сылаалаах Сөхтөрөр күөмэйэ бүппэттэ. Күҥҥэ тэҥнээх кыысчааны Сарсын сирдээн мин аны Ытык хонуубар киллэриэм, Эн ырыаҕар бигэнэн, Уҥар талар кэмигэр Таптыырбын этэн билиниэм. Дьурулуу дьурулуу дьурулаар, Доҕуһуоллаан туоһулаар Ол кыыска этээр тылларбын, Дьурулуу дьурулуу дьурулаар, Окко саһар буолумаар, Эн ыллаар ыраас тапталы. « Төттөрү |