САНАА КУЛУТА Печать    
Григорий Ильин тыла

Уларсык кэриэтэ бу сиргэ
Айыллан кэлбитиҥ буолуо дуу?
Эбэтэр түҥ былыр бу манна
Олорон ааспытыҥ буолуо дуу?

Элбэҕи ырыта барбакка,
Мин күнү көрөбүн, үөрэбин.
Кураанах салгыҥҥа ойуулаан
Ырыабын суруйан ыытабын.

Ардыгар сур бөрө буоламмын
Абаран улуйан ылабын.
Мин кыылым тириитин кэтэммин
Хаһыытаан ырыабын ыллыыбын.

Этигэн хомускун эн ылан
Мин тоҥуй сүрэхпин сылытыый.
Санаабын саймаарда таарыйа
Кырыымпаҥ тылларын тыаһатыый.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".