ДЬОЛ КӨЛҮЧЧЭТЭ Печать    
С. Яковлева тыллара

Халдьаайым дьэдьэнин сытынан
Абылыы дыргыйар ытыскар
Көлүччэм ып-ыраас уутуттан
Эн миэхэ утары ууммутуҥ.

Хос ырыата:

Ыймахтаа, ыймахтаа, ыймахтаа
Сөп-сөрүүн утаҕы ыймахтаа.
Сүрэҕи уоскутар абылыыр
Дьол сөрүүн утаҕын ыймахтаа.

Эйиэхэ утары хардыылаан
Оргууйдук мин уоспун сэгэтэн,
Сардаҥа кыырпаҕын ыспахтыыр
Дьол сөрүүн утаҕын испитим.

Хос ырыата.

Көлүччэм дьэп-дьэнкир уутугар
Күлүкпүт силбэһэ көһүннэ.
Хаамсыбыт ыллыкпыт тиксиитэ
Сүрэхпит биир кэмҥэ битийдэ.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".