БЭЛЭХТЭЭ, ЭН МИЭХЭ БЭЛЭХТЭЭ Печать    
Толомон тыллара

Төрөөбүппүт иккиэн
Тапталтан айыллан.
Төрөөбүппүт иккиэн
Таптыырга ананан.
Ол кэрэ иэйиибин
Эйиэхэ тиэрдиэхпин,
Олорор олохпун
Ол онон дьоллуохпун —

Хос ырыата:

Бэлэхтээ, бэлэхтээ
Эн миэхэ бэйэҕин,
Эдэрдии эрчимнээх
Уостубат тапталгын.
Бэлэхтээ, бэлэхтээ,
Эн миэхэ бэлэхтээ
Аанньаллыы, аал уоттаах
Амарах дууһаҕын!

Хойутун эдэр саас
Ахтылҕан буолуоҕа.
Хойутун маннык саас
Дууһаҕа сырдыаҕа.
Күн сирин кистэлин,
Кэскилин тустүөҕэ,
Күн сирин тапталын
Бүөбэйдээн үөрүөҕэ:

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".