ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН Печать    
С. Гольдерова тыллара

Санньыар санааны сайҕыыр
Сайдам сайаҕас ырыанан
Тардыҥ, таптал хомуһун:
Талыы-талба музыкатын.

Ыллааҥ, ыллааҥ, кыргыттар,
Сахам таптыыр тылынан.

Аймааҥ сүрэх баастарын —
Ааспыт күннэр ахтылҕаннарын.
Тоҕуҥ харах ууларын —
Таптал ыраас таммахтарын.

Ыллааҥ, ыллааҥ, кыргыттар,
Сахам таптыыр тылынан.

Иэйэр дууһа долгуйар —
Иринньэх уйан этииттэн.
Ытыыр сүрэх ырыаттан —
Ыллам сахам тылыттан.

Ыллааҥ, ыллааҥ, кыргыттар,
Сахам таптыыр тылынан.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".