ДАЛАҺА УСТУН УҤУОР Печать    
Мин олохпун көрөбүн атын киhи хараҕынан,
Быстах ардаҕынан сүтүөм самыыр аастаҕына,
Мин чугас дьонум олоҕум суолугар суолтата суохтар,
Ол эрэн туймаардар эн уhун суhуохтарыҥ,
Ол аата туохпун биэрэн туран уҥуор туоруубун,
Далаhам алыhын намыhаан эрэр, быыhааҥ!
Мин эмиэ баҕарабын ардаҕы кытары уостуохпун
Миигин көрдөөмөҥ, мин ханна да суохпун
Күүспүн–уохпун олохпун тохтоппот туhугар бараатым,
Ол кэннэ саатар эрэ аатырдын мин аатым,
Ханнаный мин көстүбэт кистэммит дьолум?
Чопчу ыйан биэриҥ ол кэннэ сиэриҥ…
Онуоха диэри, сир ийэм, ыйан кулу мин дойдубун,
Көмөлөс миэхэ, барсыый эн далаhа устун,
Уҥуор атын кытылга манна куттал, баттал,
Олох кылгас сымыйа аал алгыс атын таптал.
Барыта таах сибиэ, антах арыый да атын
Сатаан санаабаппын олох ордук хартыынатын,
Турдун маннык барыта кытылтан биир кытылга
Олох кылгас оннооҕор уон сэттэ сылга.

Миигиттэн кэлэйэн тэйэн эрэллэр, охтуом суоҕа,
Санаам сатаммат суолугар самныам суоҕа,
Сөп суолбуттан туох да тохтотуо суоҕа,
Баар эрэ буоллун ыллыыр ырыам уостубат уоҕа.
Охтуом суоҕа,
Самныам суоҕа,
Тохтуом суоҕа,
Баар эрэ буоллун ыллыыр ырыам уостубат уоҕа.


Күһүҥҥү чуумпуга... истэбин... тыал тугу сипсийэрин... кини кэпсиир... өрүүтүн миэхэ... кырдьыгы... көрдөрөр олох ойуутун... Хоhуйар тулалыыр эйгэбин... уостубат тапталынан... сүрэххэ суол хаалларар... миэхэ...

Далаhа устун уҥуор туоруур суол бу баар эбит,
Дьылҕам, ыйан биэр ый буолан хаhан эмит,
Хаhан эмит тиийиэм ол кытылга, тутуом тылбын,
Суох буоллун мин суолбар уорар, албын,
Талба талааммын талбыт айбыт айыым бырастыы,
Сатаан таптаабаппын сүрэхпинэн аҥардастыы,
Элбэх алҕас быhыым - мин сыыhам, мин сыыстарыым.
Сатаан мин сиппэтим эккирэппит алҕастарбын,
Тиийиэм дуо, өйдүөм дуо, ама умнуом дуо?
Хаалларбыт хампа кытылбын ардах сотуо,
Кини эмискэ уостуо суоҕа, өрөhүйэ сатыа,
Күнтэн күн аастаҕын аайы төттөрү ыксатыа,
Барыам суоҕа, сүрэҕим билэр тоҕотун,
Кинилэр билбэттэр хайдах курдук ыараханын
Соҕотоҕун хаалар хаарыйар санаалар,
Күhүн кэннэ хаар ким тапталын атаарар,
Онтукам баара наар ханна аны күрэниэй ,
Арай аттыбар хаалла хаарыан күөрэгэй
Үөрүү үксүүр чуумпу дьол кэс тылын эттэ,
Бүтэhик буолбатах ини, мин бу уон сэттэм.

Мин оннук киhи буолбатахпын
Эн мин харахпын саптыҥ, аны иннин диэки кимниин хардыылыыбын?
Кимниин олохпун мин салгыыбын? Таптыыбын диигин даҕаны...
Сырдык баар диэбитиҥ, көрдөр миэхэ ол сырдыккын...

Миигиттэн кэлэйэн тэйэн эрэллэр, охтуом суоҕа,
Санаам сатаммат суолугар самныам суоҕа,
Сөп суолбуттан туох да тохтотуо суоҕа,
Баар эрэ буоллун ыллыыр ырыам уостубат уоҕа.

Кэлэйэн тэйдэхтэринэ охтума,
Санааҥ сатаммат суолугар самныма,
Эйиигин сөп суолгуттан туох да тохтоппотун,
Баар эрэ буоллун эн ыллыыр ырыаҥ уостубат уоҕа.

Өрүүтүн бу күн анныгар... кырдьыгы кэпсээ... бар дьоҥҥун үөрдэ тур... мин эн аттыгар баар буолуом...

Миигиттэн кэлэйэн тэйэллэригэр үөрэнним,
Бэйэм эрэнэр дьонум ахсааннара аны аччаата,
Бачча элбэх тылы этэн баран сатаан санаабын эппэтим,
Ол аата мин тылым сымсата суох эбит.
Биир эмит киhи миигин өйдөөн илиитин уунуо дуо?
Ыарахан түгэҥҥэ миигин кытта тэҥҥэ, этэҥҥэ
Олох устун бииргэ, биир киhи кэриэтэ,
Саарбахтыыбын ити мин сүрэҕим эппиэтэ,
Эн эппитиҥ миэхэ эрэнэбин эйиэхэ саха уола,
Эрэлгин таҥнарымаары таллыҥ бу суолу
Аны хайдах хартыына буолар?..


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".