Ырыа кырдала > Васильев Алексей > КИЭҺЭЭҤҤИ БҮЛҮҮ
КИЭҺЭЭҤҤИ БҮЛҮҮ14 августа 2007, 22:56. |
Аким Кондратьев тыллара
Тиһэх сардаҥа тиэтэйэн Долгун устун ойуолуур, Ойон иһэн, бүдүрүйэн, Охтон ууну ойуулуур. Уҥуор эрдии элэҥниир, Тыы устан сундулуйар, Талаанныран килэҥниир - Бүлүү эбэм улуутуйар. Ыраас ууга сэрэнэн Ый алтанын суурайар, Кыыс ырыатыгар бигэнэн Киэһэ Бүлүүм нухарыйар. « Төттөрү |