БҮЛҮҮМ УУТА ДЬЭҤКЭРИЭ Печать    
Лана Юргина тыллара

Алаас намыын ырыатыгар
Алаһа дьиэ ахтылҕана,
Ырыа истиҥ иэйиитигэр
Ыра санаам абылаҥа.

Сахам сирин сарсыардата
Тахсар күнүм саһарҕата
Бүлүү эбэм долгуна
Күлүмүрдэс чаҕыла.

Тэҥкэ чэгил тиит мастардаах
Тыабыт үгүс кистэлэҥэ
Туойар-ыллыыр «модун» муорам
Тоҕуоруйбут аймалҕана.

Туора туран, туораан биэрэн
Тэһииннэнэн уоскуйуо,
Бүлүү эбэм уһуктуо
Күлүмүрдүү долгуйуо.

Кэрии тыалаах алаастарбар
Күөрэгэйим дьырылатыа,
Кэхтэн биэрбэт кэскиллээх
Ырыаны ыччат ыллаһыа.

Сахам сирин сарсыардата
Тахсар күнүм саһарҕата
Бүлүү эбэм дьэҥкэриэ
Күлүмүрдүү чаҕыллыа.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".