ОҔО СААҺЫМ Печать    
Анастасия Варламова тыллара

Сүүрбүт-көппүт кырдалларбар,
Лыаҕы туппут хонууларбар,
Сөтүөлээбит көлүччэбэр,
Сөрүүкээбит тыаларбар
Элбэхтик да эргиллэрим
Санаам дала оҥостон.

X о с ы р ы а т а :

Үс мас бүтэй күрүө нөҥүө
Эрбэллээхтээн-сэрбэллээхтээн
Оҕо сааһым одуулуур.

Оҕо сааһым сайылыгар
Түптэ буруо унаарар,
Титииктэргэ саҥа хойдор,
Тиэргэннэргэ ынах мустар,
Бостуук сайдыыр саҥата
Ол ааспыты санатар.

Хос ырыата.

Ыраах тэйэ сылдьаммын
Ыра санаа оҥосторум,
Ахтылҕаммын аһараммын
Ырыа гынан ыллыырым,
Сыыһар-табар күннэрбэр
Хараастар да кэмнэрбэр.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".