Сайсары Куо - "Истиэҥ этэ дуо?.." |
15 апреля 2009, 02:10 | Көрдүлэр: 25311 | Ырыалар - MP3 |
 |
 Сайсары Куо - "Истиэҥ этэ дуо?.." Иннокентий Тытыгынаев аранжировката ИСТИЭҤ ЭТЭ ДУО? Тумус Мэхээлэ тыллара, Алексей Егоров мелодията Кэрэ-нарын тыллары тыаҕа баран көрдөөммүн, Үүнэн турарын үргээммин, ичигэстээн хомуйан, Дьиэбэр илдьэ кэлэммин, иннилэригэр тэлгэтэн Сыыһын-бөҕүн ыраастаан, кирин-хоҕун сууйаммын. Торолуйар отону ытыһаммын, ыламмын эйиэхэҕэ уунуохпун Илиибиттэн ылаахтаан амсайаахтыаҥ буолуо дуо, эн? Кэрэ-нарын тыллары кэккэлэтэн сытаммын сыымайдаан, сааһылаан Сыыйа оннун булларан, буллараахтыаҥ этэ дуо, эн? Дорҕоон гына таҥаммын, тойук гына туойаммын, Туоххаһыйбыт дууһаҕа таптал кыымын саҕаммын, Тылыннара сатыахпын, саарыы түһэн, тулуйан, Саатар биирдэ истиэҥ этэ дуо? Тылыннара сатыахпын, саарыы түһэн, тулуйан, Саатар биирдэ истиэҥ этэ дуо? Истиэҥ этэ дуо? Дорҕоон гына таҥаммын, тойук гына туойаммын, Туоххаһыйбыт дууһаҕа, таптал кыымын саҕаммын, Тылыннара сатыахпын, саарыы түһэн, тулуйан, Саатар биирдэ истиэҥ этэ дуо? Тылыннара сатыахпын, саарыы түһэн, тулуйан, Саатар биирдэ истиэҥ этэ дуо? Истиэҥ этэ дуо? Истиэҥ этэ дуо? Истиэҥ этэ дуо? Истиэҥ этэ дуо?
|
Нөрүөн-нөргүй буоллун биһиги саайтпыт ыалдьытыгар! Билигин эн ыалдьыт курдук киирдин. Бэлиэтэнэн киирдэххинэ бу сиртэн элбэҕи бэйэҕэр туһаныаххын сөп.
Майгынныыр сонуннар:
|