Максим Березин, Мария Алексеева - "Баар буоллун" |
14 марта 2009, 17:57 | Көрдүлэр: 25593 | Ырыалар - MP3 | ![]() |
БААР БУОЛЛУН Максим Березин тыллара уонна мелодията Баҕарыам этэ Сахам сиригэр Сайда, чэчирии, туругура турдун, Үйэлэр тухары дьол тосхойдун, Дьон үөрүүтэ улаата турдун. Хос ырыата: Баар буоллун өрүү кэрэҕэ тардыһыы, Баар буоллун ыраас таптал, Баар буоллун өрүү чаҕылхай, сырдык күн, Баар буоллун олоххо дьол-соргу. Хас биирдии киһи, бар дьонум, Өйөһүөххэ, өйдөһүөххэ ханна да буоллун, Оччоҕо дойдубар өрүү баар буолуо Эйэлээх буолуу, кэрэҕэ иэйии. Хос ырыата. Суох буоллун харах уута, баар буоллун үөрүү, Күүстээх баҕа санаа салайдын олоххо. Сахам норуота, эдэр ыччата Үүннүн, үксээтин үйэлэр тухары. Хос ырыата: Баар буоллун өрүү кэрэҕэ тардыһыы, Баар буоллун ыраас таптал, Баар буоллун өрүү чаҕылхай, сырдык күн, Баар буоллун олоххо дьол-соргу. Баар буоллун олоххо дьол-соргу. |
Нөрүөн-нөргүй буоллун биһиги саайтпыт ыалдьытыгар! Билигин эн ыалдьыт курдук киирдин. Бэлиэтэнэн киирдэххинэ бу сиртэн элбэҕи бэйэҕэр туһаныаххын сөп.
Майгынныыр сонуннар:
|