Байбал Сэмэнэп - "Таммах"
 (голосов: 2)


ТАММАХ 
Байбал Сэмэнэп тыллара уонна матыыба
Иннокентий Гаврильев аранжировката

Сиппэрэҥ күһүҥҥү ардах
Тохтоло суох ибиирэр,
Төбөбөр кинилиин саарбах
Санаалар элэҥнииллэр.
Мин түннүкпэр түспүт таммах
Харах уутун санатыма,
Кыыһыаҕа мырааҥҥа саҕах
Көтүөҕүҥ эн салгыҥҥа.

Хос ырыата:

Ахтылҕаным эн барыма,
Таммахтыын хаалларыма,
Арахсыахпын баҕарбаппын.
Былаҕайга быраҕыма,
Сиик буолан көтө сылдьыаҕым,
Ууга суураллан сүтүөҕүм,
Ардахтыын атаарыма!

Күн көрүө түннүкпүн барбах
Күүстээх ардах кэнниттэн,
Күлүөҕэ сылайбыт таммах
Сүппэтэх үөрүүтүттэн,
Мин түннүкпэр түспүт таммах
Хомолтону аҕалыма, 
Силбик күннэр ааһыахтара,
Төннүөҕүҥ эн былыкка!

Хос ырыата.

 

Нөрүөн-нөргүй буоллун биһиги саайтпыт ыалдьытыгар! Билигин эн ыалдьыт курдук киирдин. Бэлиэтэнэн киирдэххинэ бу сиртэн элбэҕи бэйэҕэр туһаныаххын сөп.
Майгынныыр сонуннар:

« Төттөрү
Ырытыылар (12)
 
женя   8 апреля 2009 11:17
этин эрэ ба4алыста хайдах МР3 комп-р копиялыыбын
Золотая   9 апреля 2009 02:06
Картинката ырыа мелодиятыгар олус соп тубэhэр. Мин до5орбор Израильга бу ырыаны ыыппытым. Олус собулээбит. Тылын маннык быhаарбытым: С каплей дождя не исчезну, испарившись стану облаком, растворившись стану влагой... не провожай меня с дождем...
Синильга   10 апреля 2009 08:07
Хартыыналары уксун мин талааччыбын :roll:
Олус бэркэ тылбаастаабыккын. Золотая, хата форумца тылбаас топигын аЬарыц буоллар.
Бу ырыа Qwer биЬиги тапталбыт иэйиитинэн буолбута...
Alina   13 апреля 2009 17:06
basaalista etin ere xaidax skachaidiiiri?
Qwer   13 апреля 2009 18:10
Цитата: Alina
basaalista etin ere xaidax skachaidiiiri?

Низзя! Бу хайысхаҕа баар ырыалары истиэххин эрэ сөп.

СААЙТ ЫАЛДЬЫТТАРА - мантан дьэ бэйэҕэр хачайдыаххын сөп. Бу ааптардар бэйэлэрэ эһиэхэ бэлэхтэрэ.
..............................................................................................................................................................
Маннааҕыбын :)
********   27 сентября 2009 09:54
Mahtanabyn!

Baybal atyn yryalaryn manna hasan tahaara5yt? urukku yryalara da buollun ee... :)
Чурапчы   13 октября 2009 17:11
Дьаабы! Хаачыстыбата молтох
Qwer   13 октября 2009 18:23
Туох хаачыстыбатын эттин?
..............................................................................................................................................................
Маннааҕыбын :)
Дис   14 ноября 2009 00:03
Байбаллаах Лэкиэскэ махтал!
Бадараан   23 декабря 2009 09:03
На6аа учугэй ырыа уонна ырыа6ыт!!!
Таммахтыына   20 февраля 2010 16:37
Саамай собулуур ырыам!уонна ырыаhытым))олох наhаа учугэйдик оноhуллубут ырыа!арычча хойутаан суруйдум быhылаах,да буоллун))мин курдук дьон баара ду...
Жанна   14 марта 2010 08:30
маннык кэрэ ырыаны ессе да айа тур, Байбал эн бастыццын! Хаьан да5аны.

Ырытыыга кыттабын




 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".