Байбал - "Үс Хатыҥ"
 (голосов: 2)



ҮС ХАТЫҤ
Байбал Сэмэнэп тыллара уонна меподията

Алааска турар үс хатыҥ
Кэпсээннэрин мин истэбин,
Алаас эргэ хаартыскатын
Харахпын симээт көрөбүн.

Бу өбүгэм олордубут
Үс кэрэчээн хатыҥчаана -
Ийэ, Аҕа, Оҕо курдук
Олороллор бу дойдуга.

Хос ырыата:

Олоҕум миэнэ арылхай,
Тулалыыр миигин үс хатыҥ.
Сулуһум миэнэ чаҕылхай,
Умуллубатын букатын

Хатыҥнар ырыа ыллыыллар,
Ырыаны олус таптыыллар,
Кэрэ ырыа алгыстарын
Санаабар миэхэ аныыллар.

Хос ырыата.

Хатыҥнары мин таптааммын,
Арахсыахпын баҕарбатым.
Баран хаалыахпын саарааммын
Өр да өр онно турбутум.

Хос ырыата.

 

 
Нөрүөн-нөргүй буоллун биһиги саайтпыт ыалдьытыгар! Билигин эн ыалдьыт курдук киирдин. Бэлиэтэнэн киирдэххинэ бу сиртэн элбэҕи бэйэҕэр туһаныаххын сөп.
Майгынныыр сонуннар:

« Төттөрү
Ырытыылар (18)
 
Саргылаана   16 марта 2009 12:42
Байбал мин себулээн истэр ырыаhытым Ессе элбэх ырыата ыллыы турун
Мона   21 марта 2009 12:27
Оо, Байбал, кэрэ утуе да киьигин!
Эйигин мэлдьи истэбин, дьин сахалыы сайа5ас ырыалары куутэбин. Оссо да ай-тут, бар дьоннун уерт!
Кеша   25 марта 2009 13:14
хачайдыырга ссылката ханна баарый?
kuruto   19 мая 2009 21:03
Ссылката биэрин эрэ.
Анчик   29 июня 2009 12:33
Мин саамай собулуур ырыаьытым эн:-)
КунКуо   11 августа 2009 16:06
эн ырыаларгын олус собулээн истэбин. :P
ыыыыыыыыыыыы....   20 августа 2009 10:26
хайдах скачивайдыыбыыын, Синильгаааа....
?   24 августа 2009 11:22
Хайдах скачивайданар базайыта эбитэ буолла
Синильга   24 августа 2009 12:38
Цитата: ?
Хайдах скачивайданар базайыта эбитэ буолла

Манна истэҕит эрэ. Скачивайдаммат. Сокуон хааччахтыыр.
АЛЁНА ДЬ   28 ноября 2009 16:49
НАЬАА УЧУГЭЙ ЫРЫА.БАЙБАЛГАП ОССО ДА ЭЛБЭХ САНА ЫРЫАЛАРЫ АЙАРВГАР БА5АРАБЫН.ХАЙДАХ СКАЧАЙДЫАХХА СОБУЙ.
Qwer   28 ноября 2009 23:18
АЛЁНА ДЬ, CapsLock арааран кэбис. Ааҕарга уустук. 8)
..............................................................................................................................................................
Маннааҕыбын :)
bootur   4 января 2010 14:05
Кэрэ ырыа алгыстарын--- бу манна "ырыа" тыл оннугар "уту8" диэн ..
Нans   3 марта 2010 19:29
Чаҕылхай! Наhаа астынным!
Жанна   14 марта 2010 08:20
таптыыбын ырыалаах чыычаа5ы!
Antony Karat   13 ноября 2010 17:10
Байбал олох маладьыас!! НаЬаа учугэй ырыалары суруйар. Бу ырыаны хал буолбакка истэбин.
Antony Karat   13 ноября 2010 17:16
Онтон бу ырыа фонограммата баар дуу? Олох ыллыахпын наЬаа ба5арабын бу ырыаны. Бэйэм ырыаЬыт буолбатахпын эрээри. Для себя уерэтиэхпин ба5арабын. В узком кругу ыллааччыбын.
Qwer   14 ноября 2010 02:55
Цитата: "Antony Karat"
Онтон бу ырыа фонограммата баар дуу?
Суох.
..............................................................................................................................................................
Маннааҕыбын :)
Ириша   19 ноября 2010 10:25
ынырык учугэй ырыа)))
AppLoid   10 марта 2013 09:07
бу маны барааһынньыкка ылыыр эбиппин!

Ырытыыга кыттабын




 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".