Ырыа кырдала > Урванцев Николай > ДОЙДУМ-ӨЛӨӨН БАРАХСАН
ДОЙДУМ-ӨЛӨӨН БАРАХСАН30 сентября 2007, 18:06. |
В. Тимофеева тыла
Өлөөн Эбэм барахсан Сааскы мууһун уулларан, Салааларын ууларын Саба тардан ылыаҕа. Өлөөн Эбэм барахсан Өрө үллэр долгуннаах, Өрүү устар сүүрүктээх, Өлгөм эмис балыктаах. Дойдум Өлөөн барахсан Булчут, табаһыт дьоннордоох, Бурҕачыйар буруолаах, Мустан олорор ыаллардаах. Дойдум Өлөөн барахсан Атаранан айаннаах, Адаар муостаах табалардаах, Араас күндү баайдардаах. Өлөөн Эбэм барахсан Атырдьахтыы майгыннаах, Адаарыспыт хайалардаах, ”Арҕаа Салаа” аҥардаах. Өлөөн Эбэм барахсан Үҥүү курдук хайалардаах, Үктэнэргэ аналлаах Үрдүк кирилиэс таастардаах. Сайын хаарыс күөҕүнэн Суугуначчы симэнэн, Кыһын маҥан солконон Сүктэр кыыстыы киэргэнэн. Дойдум Өлөөн барахсан Дьоһуннаахтык тупса тур, Үүнэн, сайдан, барҕаран, Үйэлэргэ туругур! « Төттөрү |