КЭРЭ СААС Печать    
Н. Михалева тыла

Ырыанан тилиннэ кэрэ саас,
Ырыанан айманна эдэр саас,
Алҕаата айаммын дьикти саас,
Сандаарда, саймаарда аптаах саас!

Мин ырыа сиккиэрин ситтэрбин,
Мин ырыа күүһүнэн көттөрбүн.
Күн аннын, сир үрдүн кэрэтин
Бу сааскы ырыабар эттэрбин...

Муус чопчу лыҥкыныы тоһунна,
Муус чопчу күлүмнүү умайда,
Санаабар сардаҥа саҕылла,
Сүрэхпэр саҥа күн тилиннэ!


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".