Ырыа кырдала > Туласынов Иван > САЛЛААТ САНААТА
САЛЛААТ САНААТА15 августа 2007, 23:19. |
Макар Хара тыллара
Ырааттар ыраата Тус арҕаа барабыт, Одеры туораата Хайҕаллаах полкабыт. Хос ырыата: Оо, саныах этим мин, Кынаттаах илдьиттии, Дойдубар тиийэммин Эргийэн кэлбиттии! Сүрэхпит сэрэйэр Улуу чаас чугаһын. Бу кэмҥэ да тиийэр Үөрүүтүн баҕаһын! Хос ырыата. Көрсүбүт киһи ньии Биир эмэ саханы, Истибит киһи ньии Сахалыы саҥаны... Хос ырыата. « Төттөрү |