УСТАН ИҺЭР КУБАЛЫЫ Печать    
В.Башарин тыллара

Сис тыаттан эгэй-сэгэй
Чубуку сүүрэн ааспат,
Алтан оппут үрдүгэр
Лыах мустан аалыҥнаспат.

Хос ырыата:

Ити саха кыысчаана
Үҥкүүлээн сэгэлдьийэр,
Сайа охсор тыал буолан
Сүрэҕи өрүкүтэр.

Чобуо чыычаах кынатын
Уларсыһан ылбыттыы,
Күөрэгэйдии дайбахтыы,
Күөрэйтэлээн ылбахтыыр.

Хос ырыата.

Ыллам ыра санаалыы,
Ыраах дуолга ыҥыртыыр,
Устан иһэр кубалыы,
Уран-нарын хамсаныы.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".