Ырыа кырдала > Тихонова Розалия > ЫЛЛЫЫ СЫЛДЬЫАХ
ЫЛЛЫЫ СЫЛДЬЫАХ15 августа 2007, 23:15. |
К.Уткин тыллара
Ымыы буолан ыллыы сылдьыах, Ыраах-чугас дайа көтүөх, Күлэн-оонньоон, көҥүл туойан Күөххэ тахсан күнү сырсыах. Хос ырыата: Ойон-тэбэн оһуор анньан Оһуохайдаан бара туруох. Тэйэн-тэбэн дьиэрэҥкэйдээн Тзҥҥэ үктээн сүүрэн иһиэх. Эгэй-дугуй, эгэй-дугуй, Элэстэнэ эргийбэхтиэх, Эгэй-дугуй, эгэй-дугуй, Иэйэ-куойа ыллыы сылдьыах. Күөгэл-нусхал көтө сылдьан Көрү-нары күлүмнэтиэх. Саргы курдук сырдыы сылдьан Саха сирин ыллыы сылдьыах. Хос ырыата. Дойду чиэһин, дьоһун аатын Тохтообокко хоһуйуох. Дуолан күүһүн, модун кыаҕын Тойугунан оһуордуох. Хос ырыата. « Төттөрү |