КҮҺҮҤҤҮ КҮӨРЭГЭЙ Печать    
М.Тимофеев тыллара

Күһүн эмиэ сааскы курдук күн көрөн ылар,
Толоон ойуур чуумпутук ылааран ылар,
Оттоммут ыраас ходуһам алааһым күөлэ
Саһархай саҕаҕын кууһар, сандаара күлэр.

Хос ырыата:

Дьы-ры дьы-ры дьы-ры дьыр дьыр,
Дьыр дьыр дьыр дьы-ры,
Дьы-ры дьы-ры дьыр,
Дьы-ры дьы-ры дьы-ры дьыр дьыр,
Дьыр дьыр дьыр дьы-ры,
Дьы-ры дьы-ры дьыр.

Оччоҕо курус хочоҕо далбарай үөһээ
Ойон тахсан ыллыы сатыыр, төттөрү түһэр,
Сааскыны саната сылдьар ырыа ыаһахтаах
Далбарыйар уйан, улдьаа, далбарай чыычаах.

Хос ырыата.

Аны саас бу киэҥ алааспар эргиллэн кэлээр,
Ситтэрбэт күөх көр ырыаҕын онно ситэрээр,
Сааскыны саната сылдьар ырыа ыаһахтаах
Далбарыйар уйан, улдьаа, далбарай чыычаах.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".