КЫРДЬАҔАС ВЕТЕРАННАР Печать    
И. Егоров тыллара

Оо, дьыллар буулдьалыы көтөннөр
Ол сэрии дарбаана сүппүтэ.
Ыстааллаах дьарҕаалар көбөннөр
Ыарыыттан ким охтор, ким хаалар.
Бу сиргэ тыыннааххыт тухары
Барыаххыт силлиэни утары.

Андаҕар этэллэр төҥкөйөн
Аастыбыт кырдьаҕас төбөлөр.
Урукку буойуммут иннигэр
Уот кыһыл сибэкки тэтэрэр.
Бу сиргэ тыыннааххыт тухары
Барыаххыт силлиэни утары.
Дирбиэннээх атаака уотугар

Дойдугун, норуоккун кытары.
Өйдүүгүөн, өстөөҕү суулларар
Өргөстөөх ыстыыгы утары.
Бу сиргэ тыыннааххыт тухары
Барыаххыт силлиэни утары.

Уордьаны, мэтээли иилинэн,
Уот сэрии кутталын санатан
Аан дойду иһиллиир кулгааҕар
Андаҕар тыллары дуоратан,
Бу сиргэ тыыннааххыт тухары
Барыаххыт силлиэни утары.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".