ЭЙИЭХЭ Печать    
Н. Калитин тыллара

Сытыы дьыбар сарсыарда
Кыырпах кырыа буоламмын,
Кыламаҥҥар сырдыаҕым
Сытыы дьыбар сарсыарда.

Чаҕыл күннээх күнүскэ
Истиҥ мичээр буоламмын,
Хардыыҥ аайы имнэниэм
Чаҕыл күннээх күнүскэ.

Нарын дьэргэл киэһэҕэ
Тахсар сулус буоламмын,
Харахтаргар оонньуоҕум
Нарын дьэргэл киэһэҕэ.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".