БУ ТЫЛЛАР БУОЛБАТАХ — КУБАЛАР Печать    
Семен Данилов тыллара

Бу тыллар буолбатах—кубалар
Сааскылыы таптаһан нуоҕаһар,
Ып-ыраас, муус маҥан кубалар
Санньыардык, нарыннык дайаллар.

Бу тыллар буолбатах —сарыаллар
Кыраман сааскы күөх саҕахпар,
Сандаарар ылааҥы сарыаллар
Сайаҕас дууһаҕа сырдыыллар.

Бу тыллар буолбатах — ырыалар
Таптаабыт сүрэхтэн саҕыллар,
Абылыы долгута дуорайар
Айыы-хаан тып-тыыннаах ырыалар.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".