Ырыа кырдала > Слепцов П. > КЭРЭ СААС
КЭРЭ СААС9 февраля 2008, 23:41. |
Н.Попов-Быралгы тыллара
Сыл хонук көстүбэт ситимэ Солбуһан ааһара биир кэмник. Эмискэ эйигин көрсөммүн Эргийдэ тулабар сандал саас. Бу сааскы айылҕа кэрэтин Бу чэбдик уһуктуу дьиктитин. Эн миэхэ, эн миэхэ эргиттиҥ, Эргиттиҥ кэрэ саас кистэлин. Эйэҕэс хараххар тыллыбыт Эймэнэр тырымнас иэйиилэр. Көй туллук үөрүгэр холбоһон Көр, үөрүү буоланнар көтөллөр. Сэгэриэм, эйигин көрсөммүн Сааскы күн дьоллоно үөрэбин. Эриэккэс кэрэ саас мичээрэн, Эн эмиэ оҕолуу күлэҕин. « Төттөрү |