Ырыа кырдала > Сивцев Юрий > ОҔО СААҺЫМ
ОҔО СААҺЫМ15 августа 2007, 22:43. |
Юрий Сивцев тыллара
Оҕо сааһым оонньоон ааспыт Кэнчээрилээх сыһыытыгар Хаһан эрэ сайыһа хаалбыт Доҕотторум барахсаттар. Хос ырыата: Бүгүн эмиэ сырдыы үөрэ Санаан кэллим эһигини, Сылаас, сылаас күн көйгүөрүн Сайылыгым чэлгиэнин. Умнубаппыт хаар, хаһыҥ Атахпытын сытытарын, Сып-сылаас ынах оннун Сылаанньытар абыралын. Хос ырыата. Ол эрээри өрүү бааргыт Уһун олоҕум суолугар Хаһан эрэ сайыһа хаалбыт Доҕотторум барахсаттар. Хос ырыата. « Төттөрү |