ЧАРАҤ ВАЛЬСА Печать    
А. Илларионов тыллара

Көмүс кыымы ыhыахтанан
Күhүн манна саҕаланна.
Чараҥ кини солкотунан
Чарыыс-чараас былаат баанна.

Күhүн кэлиэн санаабакка
Күннүүр-оонньуур буолуллара.
Сайын манна күөх тунахха
Санаа күүрэр көрө баара.

Хос ырыата:

Тэлээриһэр сэбирдэхтэр,
Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр,
Чахчы дьикти, чахчы кэрэ -
Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр.

Күhүн лыҥкыр музыкатын
Күүтэн турбут хаарыан хатыҥ
Хайдах эрэ хамсаан барда,
Хатыҥ аргыый наскылдьыйда.

Доҕоччугуом, сүрэх үөрэр,
Дууhам сырдаан кэҥээн кэлэр.
Тапталбытын таайар, билэр
Чараҥ бүгүн вальстаан эрэр.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".