АРДАХ МУЗЫКАТА Печать    
АРДАХ МУЗЫКАТА
Николай Сибиряков тыллара уонна мелодията

Күһүҥҥү куораппар
Курус ардах түһэр,
Нарын ырыа тыла буолан
Толорор тулабын бүгүн эмиэ...
Түннүкпэр чурулуур
Таммах уута сүүрэр,
Кураанах уулуссаҕа биир эмэ
Хойутаабыт киһи сүүрэн ааһар.

Хос ырыата:

Ардах түһэр, ардах түһэр,
Таммах ыһар суолга,
Эргиччи күһүҥҥү ырыа иһиллэр.
Дууһабар уһуктар
Дьикти иэйии тыына.
Тулабын толорор биир эрэ
Музыка...
Ардах музыката.

Таптыыбын күһүҥҥү
Сибэкки тылларын,
Бүтэһик төгүл бэлэхтиир кини
Чаҕыл күнү, сайын тыынын.
Туох буолуой, ааһыаҕа,
Ардах астыаҕа,
Хаалыаҕа салгыҥҥа сырдык санаа,
Күһүҥҥү ырыа курус тыла.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".