Ырыа кырдала > Семенов Павел > ИЙЭБЭР
ИЙЭБЭР15 августа 2007, 22:30. |
Павел Семенов тыллара
Тугу этиэм этэй эһиэхэ мин, Ырыам тыла олус да сымсаата, Тулабар кыыдамныыр хаар кыырпаҕын Ытыһым үрдүгэр уулларабын. Күн күбэй ийэбэр анааммын Арай тиэрдиэм мин үрдүк махталбын: Оҕо сааспын санаан улааппыппар, Бар дьонум алгыһын ылыммыппар. Хос ырыата: Махтанабын, махтанабын Эйиэхэ — күн күбэй ийэбэр, Махтанабын, махтанабын Эһиэхэ — бар дьоммор! Хайыаҥ этэй алҕаһаабыт күммүн — Өр сурук суруйбатах буруйбун, Түүн-күнүс утуйбатах күннэргин Кэмсинэҥҥин кэлин кэпсээбэккин. Күн күбэй ийэбэр анааммын Арай этиэм мин күүстээх тапталбын: Үөрүү-хомолто диэни билбиппэр, Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр. Хос ырыата « Төттөрү |