Ырыа кырдала > Семенов Павел > ТУМАН БУОЛБУТ
ТУМАН БУОЛБУТ7 ноября 2007, 21:17. |
Павел Семенов тыллара
Туман буолбут саhарҕаны Өр одуулаан туран Өйтөн сүппэт умнуллубат Оҕо сааспын ырытабын. Кэлин кэрэ кэрдиис кэммин Кэмчиэрийэ мин кэпсиэхпин, Дойдум дьонун, алгыс тылын Айманаммын ыллаатарбын... Хос ырыата: Чаҕыл күн көрүөхтүн диэн, Сырдыгы сырдаттын диэн, Ыллыыр ырыам алгыстаннын диэн... Дьол соргу тосхойдун диэн, Баҕа санаам туоллун диэн Үрдүк үөрүүм дьоҥҥо тиийдин диэн... Аныыбын эйиэхэ, сүрэхтэн тахсар тылларбын. Хонууларым сибэккитин, Сахам сирин күөх сайынын Сааhылааммын ыллаатарбын Эдэр сэнэх эрдэхпинэ. Кэлин кырдьар саас ылыаҕа, Ыллыктарбын хаар сабыаҕа, Хаалыахтара санааларым Ханнык эрэ алаастарга... Хос ырыата. « Төттөрү |