БААР МИЭХЭ Печать    
Павел Семенов тыллара

Күөх халлаан курдук ыраас,
Сааскы күн курдук сылаас,
Килбик иэйэр дууһалаах
Баар миэхэ — мин күндү ийэм.

Күнү сырсар соруктаах,
Дьолу көрдүүр аналлаах,
Инникигэ эрэллээх
Баар миэхэ — мин ыра санаам.

Ыллыыр-туойар баҕалаах,
Күлэр-үөрэр тускуллаах,
Мэлдьи олох аргыстаах
Баар миэхэ — мин үрдүк дьолум.

Сылааһынан угуйар,
Сырдыгынан ынырар,
Илин тахсар, арҕаа киирэр
Баар миэхэ — аламай күнүм.

Ача оттоох алаастаах,
Киэҥ долгуйар өрүстээх,
Солко хатыҥ чараҥнаах
Баар миэхэ — төрөөбүт буорум.

Сүрэхпин сүүйэр алыптаах,
Күүспэр өссө күүс эбэр кыахтаах,
Сахалыы төрүт тыллардаах
Баар миэхэ — мин аргыс ырыам!


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".