МИН ЫЛЛЫЫ КЭЛИЭҔИМ Печать    
Е. Андреева тыллара

Мин ыллыы кэлиэҕим ыһыахха,
Хас биирдии уйаҕас сүрэххэ,
Кырылыы көөнньүбүт кымыска
Дьол, таптал амтанын иҥэрэ.
Мин ыллыы кэлиэҕим күөх сайын,
Эҕэрдэ этиэҕим эһиэхэ,
Дорҕоонноох тойукпун дуората,
Эһиэкэй тылынан дьиэрэтэ.

Хос ырыата:

Мин ыллыы кэлиэҕим күөх сайын,
Эҕэрдэ этиэҕим эһиэхэ,
Эһиэкэй тылынан дьиэрэтэ,
Дорҕоонноох тойукпун дуората.

Мин ыллыы кэлиэҕим эһиэхэ,
Күөх Ньурбам уйгулаах ыһыаҕар,
Үөрүүбүн бар дьоммор түҥэтэ,
Бу сайга, бу улуу тунахха.
Мин ыллыы кэлиэҕим эһиэхэ,
Кыыс уолга тапталын этээри,
Эдэрдээх кырдьаҕас сүрэҕэр
Эйэргии этэрин истээри.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".