Ырыа кырдала > Самойлов А. > КҮНҮ КӨРБҮТ КҮҮКЭЙИМ
КҮНҮ КӨРБҮТ КҮҮКЭЙИМ10 января 2009, 16:31. |
Е. Егоров – Сайдам тыллара, А. Самойлов мелодията
Сайын далай уутугар Күнүм уота кылбаарар. Кыһын тунал ньууругар Ыйым тыган сандаарар. Хос ырыата: Күүкэй эбэ хотунум Күүтэр-ахтар мин дойдум. Дьиэтэ-уота элбээбит Дьикти Оҕо Мэҥэтэ Дьолго манна үөскээбит Дьонум-сэргэм кэрэтэ. Хос ырыата. Күөрэгэйдээх сирэмнэр Көрө-истэ сынньаныам. Сылам сылаас күөх сиргэр Сытан ылан күүс ылыам. Хос ырыата. Хотуурунан от охсон Хоннохторбун хонноруом. Хонон-өрөөн оҥостон Хоһоон айан суруйуом. Хос ырыата. « Төттөрү |