ҮРҮҤ УОЛАН Печать    
Егор Лаптев тыллара

Баай барыылаах Байанайдаах,
Сыһыы, тайҕа дайдылардаах,
Бэргэн саалаах, сыыдам тууттаах,
Саһыл, кырса кыбыныылаах.

Хос ырыата:

Саха омук бухатыыра
Үрүҥ Уолан — айыы уола!

Арыт, атын саннытыгар,
Арҕаһыгар, арыт, буолар.
Биир күн кини алҕаһыаҕа,
Биир күн кыайан туруоҕа.

Хос ырыата.

Сымса, сытыы тустуугунан,
Модунунан сураҕырар.
Алдьархайтан дьону быыһаан
Албан аата айхалланар.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".