Ырыа кырдала > Попов Григорий > КЫРДЬАҔАС
КЫРДЬАҔАС2 января 2009, 20:40. |
Виталий Власов тыллара, Григорий Попов мелодията
Килэмэн халлааммар көһүннэ Хаар маҥан баттахтаах Кырдьаҕас, Муус күөлбэр бытыгын көрүннэ — Хараҕа сахалыы кыараҕас. Хос ырыата: Былыргы Аар Саха Оҕонньор Хотугу түөлбэтин өҥөйдө, Өрдөөҕү үйэлэр оһоннор Төрөөбүт буоругар төҥкөйдө... Тарбаҕын быыһыттан тыктылар Уон араас сардаҥа көмүстэр, Тоҥ хаартан сандаара быктылар Уот кыһыл сардаана чөмчүүктэр. Хос ырыата: Кырдьаҕас биир кыра кыырпаҕа Мин бэйэм буоларбын таайтарда, Аар Тойон арчылыыр саппаҕа Үөһэттэн ыйарын туойтарда... Санаа тойуга: Оо, Добун, киҥкиниир киэҥ Халлаан, Кырдьарбар Эйиэхэ тиийдэрбиэн, Оо, аргыый ээр-сэмээр, нап-наллаан Көтөрбөр олоххо киирдэрбиэн!!! 1993 с. « Төттөрү |