Ырыа кырдала > Платонов Валерий > ОҔОЛОРУ ХАРЫСТААҤ
ОҔОЛОРУ ХАРЫСТААҤ15 августа 2007, 19:18. |
И. Гоголев тыллара
Оҕолор, оҕолор, Оҕолор-быыкаа күннэр, Оҕолор, оҕолор, Оҕолор быыкаа сирдэр, Сир өлбөтүн туһугар Оҕолору харыстааҥ. Күн өлбөтүн туһугар Оҕолору харыстааҥ. Оҕолор мичээрдэрэ суох Сулустар мичээрбэттэр, Оҕолор күлүүлэрэ суох Муоралар күлсүбэттэр, Күөх сулус мичээрдин диэн Оҕолору харыстааҥ. Күөх муора күлүөхтүн диэн Оҕолору харыстааҥ. Этигэн тыла суох Хомус хайдах чугдаарыай, Оҕолор саҥалара суох Саргы хайдах салаллыай, Чуор хомус чугдаардын диэн Оҕолору харыстааҥ. Дьол-соргу үрдээтин диэн Оҕолору харыстааҥ. « Төттөрү |