Ырыа кырдала > Петров В. > ХОДУҺАҔА КҮН ООННЬУУР
ХОДУҺАҔА КҮН ООННЬУУР15 августа 2007, 19:06. |
Пет Тобуруокап тыллара
Ходуһаҕа күн оонньуур, Хойуу окко куобахтыыр, Күлүмүрдүүр-суһумнуур, Күөлэһийэр, таалалыыр. Чэйиҥ, күннүүн турсуоҕуҥ! Чээлэй күөхтэн сомсуоҕуҥ! Холлоох үлэ күүрүөхтүн, Ходуһаны үөрдүөхтүн! Туотаһыйар кулунчук Тоттук кыстаан таҕыстын, Тэйиэккэлиир ньирэйчик Дэлэй-дэлэй астаннын! Чэйиҥ, күннүүн турсуоҕуҥ! Чээлэй күөхтэн сомсуоҕуҥ! Күүстээх үлэ ньиргийдин, Күөлү-тыаны күллэрдин! Оҕолорго сарсыарда Остуол аайы сүөгэйдэ! Көтөр, дайар ыччакка Күүстээх, уохтаах кымыста! Чэйиҥ, күннүүн турсуоҕуҥ! Чээлэй күөхтэн сомсуоҕуҥ! Күнү кытта оонньуоҕуҥ Күнү быһа оттуоҕуҥ. Ходуһаҕа күн күлэр, Хоһуун дьоннуун көччүйэр, Ходуһаҕа күн ыллыыр, Хотуурбутүн сыгыылаар! Чэйиҥ, күннүүн турсуоҕуҥ! Чээлэй күөхтэн сомсуоҕуҥ! Илгэ-быйаҥ үлүннүн, Иҥиир-быччыҥ күүһүрдүн! « Төттөрү |