АЙАННЬЫТ ДОҔОРБОР Печать    
С. Данилов тыллара

Кытылбын, сыһыыбын
Кыстык хаар үллүктүүр,
Айанньыт сыарҕатын
Сырыыта түргэтиир.

Бу кэмҥэ мин өрүү
Эйигин саныыбын —
Ырааттар ыраатар
Амарах тапталбын.

Эн ыраах айаҥҥа
Аттанар буолбутуҥ.
Өр буолан, сэгэриэм,
«Бырастыы», — диэбитиҥ.

Хаар түһэр, хараарар,
Ардахтар сууйаллар.
Айанньыт сыарҕата
Түргэтиир, бытаарар.
Кытылбын эмиэ дьэ
Кыстык хаар үллүктүүр,
Айанньыт, сэгэриэм,
Эн сыарҕаҥ түргэтиир.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".