Ырыа кырдала > Оҕолорго > МАҤНАЙГЫ ХААР
МАҤНАЙГЫ ХААР18 января 2009, 17:36. |
МАҤНАЙГЫ ХААР
Архип Абаҕыыныскай тыллара, Валерий Егоров мелодията Куобах түүтэ хаар түһэн Нуһараҥмыт налыйда. Боллох, хаспах бүрүллэн, Дойду ньуура туртайда. Хос ырыата: Салааскаҕа тиэйсиһэн Сосуһуохпут, оонньуохпут, Хатыыскалаан тэлээрэн, Хонуу хаарын оймуохпут. Томтор сиргэ бөлөхтөөн Тойторуһа көтүөхпүт Түспүт хаары чөмөхтөөн Төкүнүтэ сүүрүөхпүт. Хос ырыата. « Төттөрү |