Ырыа кырдала > Оҕолорго > КЫЫЛ ТАБА
КЫЫЛ ТАБА18 января 2009, 16:45. |
КЫЫЛ ТАБА
Е. Васильев тыллара, Николай Бойлохов мелодията Лабыктанан аһылыктаах Намчы лабаа муостардаах, Кырасыабай бэйэлээх Таба турар ол ыраах. Үргэн барыах дьүһүннээх Үчүгэйкээн көрүҥнээх, Тыаһы-ууһу иһиллии Турда тула чэрэҥнии. Мутук тыаһын иһиттэ Мунан сылдьар кыыл таба, Алыы адаар үрдүнэн Атаралаан элээрдэ. Кытаат, өссө түһэн биэр, Бөрө сиппэт, ол бэлиэр Хаалла тумул кэтэҕэр, Күүтэр элбэх халыҥ үөр. « Төттөрү |